75-летию победы
Олунньу 5 күнүгэр, үгэс буолбут “Аҕам уонна биһиги ” байыаннай эстафета буолла.
Сүрүн тэрийээччинэн-физкультура методическэй холбоһуга, «Көмүөл» аҕалар сүбэлэрэ, салайааччы П.Н.Егоров, сүрүн спонсорынан “Арчы” төрөппүт комитета, салайааччы У.Н.Иванова, НКО «Коркинец», О.Г.Кардашевская буоллулар.
Күрэх 4 түһүмэҕинэн илин-кэлин түсүһүүлээх, сытыы киирсиилээх буолла. Бастакы түһүмэххэ үрүкзээк сүгэһэрдээх ага бириэмэҕэ, Калашников автоматы ыста, хомуйда. Ол курдук 34 сөкүүндэнэн хомуйа тутан 6 б кылаас аҕата Александр Оконешников бастаата.
Иккис түһүмэххэ тоһоҕо саайыытыгар, сатабылларын туһанан 6 в кылаас хамаандата аҕа Алексей Филиппов, 49,66 сөкүүндэнэн, үһүөн тоһоҕону маска батары саайдылар.
Үһүс мэһэйдээх сүүрүү түһүмэҕэр, сымсаларын-түргэннэрин көрдөрөн 6 а кылаас хамаандата, 42,23 сокүүндэнэн кыайыы өрөгөйүн биллэ.
Төрдүс быһаарыылаах түһүмэххэ баскетбол мээчигин корзинаҕа таба быраҕан киллэриигэ, очколара тэҥнэһэн, биирдии снайперы дуэллаһыннаран, 6 а аҕата Алексей Кардашевскай кыайыыны кыл мүччү быһаарда, 7 б иккис миэстэнэн дуоһуйда.
Уопсай түмүккэ 16 очколаах 6 б хамаандата, үһүс миэстэни ылары ситистэ 11 очколаах 6 в хамаанда, иккис миэстэнэн дуоһуйда.
Маҥнайгы бириистээх миэстэҕэ 6 а хамаандата аҕа Алексей Кардашевскай кыайыы өрөгөйүн биллэ.
Бириистээх миэстэҕэ тиксибиттэр сыаналаах, сааскы булка аналлаах бириистэри туттулар.
Монастырев Николай Николаевич-социальнай педагог
Улуу Кыайыы 75 сылын корсо художественнай самодеятельность “Пламя Победы” 6 а, б, в концерын түмүгэ
Композиция 37.5 б;
Ведущие 30 б;
Сценарий + оформления 8 б;
Концертнай номердар 35.5 б.
Блокада Ленинграда – одна из самых страшных страниц истории Великой Отечественной войны.
Почти 900 дней боли и мучений, мужества и героизма. Это самая продолжительная осада города в истории человечества. Ни один город за всю историю войн не отдал за Победу столько жизней, как Ленинград. Для того чтобы отдать дань глубокого уважения героическим защитникам Ленинграда и его жителям, 27 января, в день полного освобождения города от немецких захватчиков, наша школа приняла участие во Всероссийской патриотической акции «Блокадный хлеб». Учителя истории Владимир Николаевич и Дмитрий Прокопьевич рассказали о трагических страницах того времени, показали ученикам обновленный стенд Победы, посвященный 75-летию Великой Победы. #волонтерыпобеды
Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө художественнай самодеятельность концера саҕаланна.
Бүгүн 5 а б кылаастар истиҥ иһирэх концеры көрдөрдүлэр. Уопсай баал 50,7
Композиция 43,5 б
Ведущайдар 27,8 б
Оформления+презентация 7,1 б
Алтынньы 30 күнүгэр Улуу Кыайыы 75 сылыгар аналлаах «Геройдар суолларынан» проект чэрчитинэн Г.Д.Протодьяконов аатын сүгэр Алаҕар ОО үөрэнээччилэрин кытта көрсүһүү буолан ааста.
Оҕолорго анаан «Албан ааттаах геройдар ааттара үйэлэргэ сүппэт» диэн темалаах кылаас чааһын ыыттылар. «Мамаев кургаҥҥа кыргыһыы» инсценировка көрдөрдүлэр. Оскуола устун уонна музейга сылдьан экскурсиялаатылар, дьарыктары көрөн астыннылар. «Факел» ВПК, «Альфа» ЮДП оҕолорун кытта көрсүстүлэр, военнай эстафетаҕа кытыннылар.